26 Муус устар 26.04
  • -5°
  • $ 92,13
  • 98,71

Саха сирин тоҕус улууһугар 20 баһаары тохтоттулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр ойуур баһаарын ахсаана 86 диэри аҕыйаабыт. Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ тоҕус оройуонугар барыта 9213 гектар иэннээх сиргэ уоту тохтоттулар. Бу туһунан экология уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Конопев иһитиннэрдэ.

«Алдан оройуонугар — түөрт, Нерюнгри оройуонугар — тоҕус, биирдии баһаары— Мэҥэ- Хаҥалас, Мииринэй, Өймөкөөн, Өлөөн, Томпо, Уус- Алдан уонна Уус- Майа оройуоннарыгар  умуллардылар»,-диэтэ миниистир.

Итини сэргэ, Өлөөн оройуонугар 37 гектардаах ландшафтнай баһаары тохтоттулар диэн Коноплев эбэн эттэ. Онуоха ааспыт сууккаҕа Уус-Алдан улууһугар 5 гектар иэннээх биир ойуур баһаара бэлиэтэннэ.

Дьааҥы, Бүлүү, Мииринэй, Уус-Алдан, Уус- Маайа оройуоннарыгар 7146 гектар иэннээх сиргэ алта ойуур  уонна биир 1537 гектар иэннээх сиргэ айылҕа баһаарын Өймөкөөн оройуонугар умуллардылар.

«Өрөспүүбүлүкэҕэ күн саҕаланыыта 226 261 гектар иэннээх  сиргэ барыта 86 ойуур баһаара баар. Былырыын баччаларга 2 мөл гектартан элбэх сиргэ 173 ойуур баһаара баар этэ», — диэн Конополев иһитиннэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар