Силиэстийэлээччилэр Дьааҥы уонна Мииринэй улуустарыгар олорор дьиэҕэ буолбут баһаардар кэннэ көстүбүт дьон өлүгүн быһаара сылдьаллар. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн холуобунай-процессуальнай сокуонунан сөп түбэһиннэрэн быһаарыыны ылыахтара, диэн СИА-ҕа өрөспүүбүлүкэ силиэстийэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Аҕыйах хонуктааҕыта Дьааҥы Томторугар чааһынай дьиэ олоччу умайбытын туһунан суруйбуппут. Бу баһаар кэннэ умайбыт сиргэ силиэстийэлээччилэр икки киһи өлүгүн буллулар. Кимнээх буолалларын быһаара сылдьаллар.
Быһылаан тахсыбыт сиригэр билигин тустаах бэрэбиэркэ ыытылла сылдьар силиэстийэлиир- оперативнай бөлөх таҕыста.
Дьон өлүүтүн биричиинэтин олохтуурга суут-медицинскэй экспертиза ананна, уматык төрүөтүн быһаарарга баһаарынай-техническэй бэрэбиэркэ ыытыллыаҕа. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн холуобунай-процессуальнай сокуон быһыытынан быһаарыы ылыллыаҕа.
Арассыыйа силиэстийэлиир кэмитиэтин Мииринэйдээҕи үлэһиттэрэ Удачный куорат Надежный диэн оройуонугар ахсынньыга буолбут баһаарга 1987 сыл төрүөх, эр киһи өлүүтүн биричиинэтин быһаара сылдьаллар.
Өлбүт киһи этин-сиинин көрүү-истии ыытылынна. Баһаар төрүөтүн быһаарарга туһалыан сөптөөх малы-салы силиэстийэлиир бөлөх олоччу ылбыт.Наадалаах экспертнэй чинчийиилэр ананнылар. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн силиэстийэлээччилэр холуобунай-процессуальнай сокуонунан быһаарыыны ылыныахтара.