Цифровой үөрэх сайдыыта, Норуоттар икки ардыларынааҕы Арктика оскуолатын уонна наукалар кыра академияларын саҥа корпуһун үлэҕэ киллэрии, үөрэҕи ылыыга тэҥ быраап, кадры бэлэмнээһин — 2020 сылга үөрэх министиэристибэтэ туруорунар соруга.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин министиэристибэтэ оҕону үөрэтии хаачыстыбатын улаатыннарыыга, материальнай-техническэй баазаны тупсарыыга, үөрэх хаамыытын тэтимирдиигэ, педагогтар квалификацияларын үрдэтиигэ, оҕону бары өттүнэн сайыннарыыга, эбии үөрэхтээһини тэнитиигэ анаммыт үөрэх ситимин тэрийиигэ сыал-сорук туруорунан үлэлиир.
Маны олоххо киллэриигэ үрдүк квалификациялаах салайар кадрдар уонна педагогтар наадалара этиллэр. Кинилэр бэлэмнэрэ уонна идэлэрин үрдэтиилэрэ — сүрүн соругунан буолар. Оскуолаларга биир өйдөөх-санаалаах хамаанда үлэлээн, үөрэх ситимин сайыннарыахтаах. Маннык ньыма, холобурга, «Арктика учуутала» бырайыак уонна «Земскэй учуутал» бырагыраама чэрчилэринэн ыытыллара былааннанар.
Сиһилии Ольга Старостина суруйуутугар «Развитие и доступность. Образование Якутии подвергнется позитивной трансформации» ааҕыҥ.