Бүгүн, кулун тутар 24 күнүгэр, гидро-метеостанция управлениета иһитиннэрбитинэн, Саха сирин улуустарыгар тыал түһүө, тибиилээх буолуо, хаардыа. ЫБММ сүрүн управлениета нэһилиэнньэ болҕомтолоох буолуу уонна куттал суоһаабатыгар быраабыланы тутуһалларыгар ыҥырар.
Ленскэй, Мирнэй оройуоннарыгар тыалырыа, күүһүрэр кэмигэр 16-21 м/с тиийиэ. Кэбээйи, Эдьигээн улуустарыгар — 19-24 м/с, хаар түһүө, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Ньурба, Горнай, Хаҥалас, Нам оройуоттарыгар — 15-17 м/с, тибиилээх буолуоҕа, СИА-ҕа ЫБММ пресс-сулууспата эттэ.
Сиһилии https://ysia.ru/v-neskolkih-rajonah-yakutii-prognoziruyut-usilenie-vetra-i-mestami-metel/