«Азия оҕолоро» Оонньууга кыттар Мальдива өрөспүүбүлүкэтин делегацията СӨ гражданскай уопсастыба институттарын сайыннарыыга миниистирэ Сардаана Гурьеваны кытта көрүстэ.
Сардаана Гурьева ыалдьыттарга көрсүһүүгэ кэлбиттэригэр махтанна. Кини кылгастык Оонньуу дойдуга уонна өрөспүүбүлүкэҕэ суолтатын туһунан кэпсээтэ. Мальдива хамаандатыгар Саха сирэ сөбүлэппитигэр эрэнэрин биллэрдэ.
«Сүрүн махталы госпожа Нашида Язнига этэбин. Кини ыраахтан оҕолору спорт сүрүн Оонньуутугар аҕалла. Бу күннэргэ уопсастыбаннас Оонньуу күрэхтэһиилэрин ырытар. Россия регионнарын, ону сэргэ тас дойдулар телеханаалларыгар көрдөрүллэр», — диэтэ миниистир.
«Биһигини олус истиҥник көрсөллөр. Мин урут Саха сирин туһунан истибэт, билбэт да этим. Ол гынан баран бу уон күн иһигэр олус элбэҕи биллим. Элбэх киһини кытта билистим. Саха сирин олоҕун кытта алтыстым. Биһиги төһө да ыраах олордорбут, манна бэйэбит дьиэбитигэр сылдьар курдук сананабыт. Онно эһиги ыалдьытымсах сыһыаҥҥыт олук уурар», — диэн делегация салайааччыта Нашида Язни эттэ.
Сардаана Гурьеваны кытта Мальдива хамаандатын СӨ федеративнай сыһыаннаһыыларга уонна тас сибээскэ миниистирэ Владимир Васильев көрүстэ.
«Саха сирин төһө да билбэтэргит, эдэр спортсменнары кытта эһиги манна кэлбиккит. Эһиги хорсун дьоҥҥут. Сахалар эһиги дойдугутун истэн билэллэр, сорохтор онно баран сынньаналлар. Эһиги хамаандаҕыт Оонньуу бастайааннай кыттааччыта буоларыгар баҕарабын. Биллэн турар Монголия, Казахстан курдук кыттарга уопуттаах хамаандалары кытта күрэхтэһэр ыарахаттардаах. Ол гынан баран кэлэр сырыыга эһиги түмүктэргит ордук ситиһиилээх буолалларыгар эрэллээхпин. Саха сирин туһунан үтүө эрэ өйдөбүл хаалбытыгар саарбахтаабаппын», — диэтэ Васильев.
Ыалдьыттарга «Анаабыр Алмаастара» ансаамбыл музыкальнай нүөмэр бэлэхтээтэ.
Бэлиэтээн этэр буолахха, Мальдиваттан 14 спортсмен чэпчэки атлетикаҕа, саахымакка уонна остуол тенниһигэр кытыннылар.