22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын кээмэйэ 2,5% үрдээтэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2022 сыл бастакы кыбартаалын түмүгүнэн саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын кээмэйэ 1 млрд 300 мөл. солк. тэҥнэстэ, бу ааспыт сылтан 2,5% үрдүк. Бу туһунан тыа хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Петр Попов «Актуальное интервью» биэрии кэмигэр Якутия 24 ханаалыгар кэпсээтэ.

«Икки тыһыынча кэриҥэ эт оҥоһулунна. Ону сэргэ тыа хаһаайыстыбатыгар сүөһү ахсаанын динамиката маннык: сылгы — 182 100 төбө, ынах — 75 200 төбө, хотугу табалар — 152 600 төбө уонна көтөр — 879 400 төбө. Уопсайынан, судаарыстыбыннай бырагыраама туолуута былааннаммыт графигынан баран иһэр. Экономика саҥа усулуобуйаларын учуоттаан, суһал дьаһаллары ыларга кэккэ көннөрүүлэр киирэллэр», — диэтэ Петр Попов.

Миниистри солбуйааччы өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын тутаах хайысхатынан сүөһү иитиитэ буоларын бэлиэтээтэ. Саха сирэ дойду үрдүнэн үөр сылгы ахсаанынан бастакы уонна хотугу дьиэ табатын ахсаанынан үһүс миэстэҕэ сылдьар. Ону тэҥэ, Уһук Илин уокурук үрдүнэн ынах сүөһү ахсаанынан үһүс миэстэни ылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА