28 Муус устар 28.04
  • -7°
  • $ 91,78
  • 98,03

Пётр Дьяконов: Оҕоҕо "үчүгэйдик үөрэммэтэххинэ, хотоҥҥо үлэлии барыаҥ" диир сыыһа

Фото:Андрей Сорокин/ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччуларыгар анаммыт съезд Ю.А. Гагарин аатынан Култуура уонна аныгы искусство киинигэр пленарнай мунньаҕынан түмүктэннэ. Сийиэһи түмүктүүр түһүмэххэ 275 делегат уонна 100 кэриҥэ ыҥырыылаах ыалдьыт сырытта диэн СИА иһитиннэрэр.

Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын хайысхатыгар урут-уруккуттан ураты болҕомто ууруллар, уонна сыллата үп өттүнэн өйөбүл кээмэйэ улаатан иһэр. Ол курдук, 2018 сылтан бу салааҕа үбүлээһин 10,5 миллиард солкуобайтан 14,3 миллиард солкуобайга диэри улаатта. Ол да буоллар, валовой бородуукта кээмэйэ бытааннык улаатар. Өрөспүүбүлүкэ тутаах хайысхатын көдьүүстээхтик сайыннарарга саҥа үрдүк технологиялаах бырайыактары оҥорор наадалаҕын туһунан Айсен Николаев тыа хаһаайыстыбатын табаары оҥорооччуларын съеһигэр иһитиннэрдэ.

Хас биирдии тыа сиригэр улааппыт киһи тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр уонна үлэһиттэригэр ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар. Мин эмиэ оҕо сааһым тыа сиригэр ааспыта, ол иһин үлэ дьонун олус сыаналыыбын. Ол иһин 2023 сылы Үлэ сылынан биллэрбитим”, — диэн Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Санкция усулуобуйатыгар тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытыгар өссө үрдүк сыаллары туруоруох тустаахпыт. Биһиги тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытын технология өттүнэн аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир үрдүк таһымҥа таһаарарга дьулуһуохтаахпыт. Саха сирин аграрнай сектора судаарыстыбыннай соруктары быһаарыыга бэйэтин кылаатын киллэриэхтээх, бастатан туран — өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун хаачыстыбыннай бородуукталарынан хааччыйыахтаах уонна төһө кыалларынан элбэх тыа хаһаайыстыбатын бородуукталарын оҥорон таһаарыахтаах. Бу аграрийдар иннилэригэр туруоруллар сүрүн сорук», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга.

Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэһиттэр тиийбэттэр

Маннык съезд 10 сыл буолан баран тэрилиннэ, онон тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии сылдьар дьоҥҥо улахан сэргэхсийии буолла. Кэбээйи улууһун «Сайылык» хаһаайыстыбатын салайааччыта Петр Дьяконов съезд туһунан санаатын СИА-ҕа кэпсээтэ.

«Тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар үлэһиттэр наадалар. Мин 1200 кэриҥэ нэһилиэнньэлээх дэриэбинэҕэ олоробун, ол да буоллар үлэһит тиийбэт. Дьон хара үлэни үлэлиэн баҕарбат. «Үчүгэйдик үөрэммэтэххинэ, хотоҥҥо үлэлии барыаҥ» диэн төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн бырагыраамалыыллар. Онон эдэр-сэнэх үлэлиэн сөптөөх дьон бары супту куоракка тардыһаллар. Саатар ити сахалыы сериаллары да ылан көрдөххө, ис хоһоонноро барыта куоракка киирэн дьоллорун булаллар. Дьиҥэ, хас биирдии кэриэтэ саха киһитэ тыа сириттэн төрүттээх, өбүгэлэрин өтөхтөрө, олоро сылдьыбыт дьиэлэрэ нэһилиэк аайы иччитэхсийэн тураллар. Киинэ ис хоһооно бу эдэр киһи дэриэбинэҕэ тахсан дьонун дьиэтин сөргүтэн дьолун көрсөр диэн эбитэ буоллар, холобур. Дьон хара үлэттэн тэйиччи туттар, кыбыстар, дэриэбинэҕэ ОДьКХ да үлэһиттэрин булар ыарахаттардаах. Ол иһин тыа хаһаайыстыбатын сайыаннарыахпытын баҕарар буоллахпытына каадырдарга сүрүн болҕомтону ууруохха наада. Биир киһи син барытын кыайбат. Уонна бу курдук былаас үлэһиттэрин кытары сирэй көрсүһүүлэри 10 сылга биирдэ буолбакка, сылга хаста даҕаны оҥоруохха наада. Тыа хаһаайыстыбатыгар баар кыһалҕалары тыа  сиригэр үлэлии сылдьар дьон билэр буоллахтара.

Саха норуота тыа сиригэр олорбот, сүөһүтэ-аһа суох буолар буоллаҕына норуот быһыытынан эстэр кутталлаах. Биирдэ баран эттэххэ, билигин тыа сирин олоҕо куорат олоҕуттан тугунан да хаалсыбат. Уу-хаар, ититии киллэриэххэ син, сир аайы түргэн Интернет киирдэ. Биирдэ киинэҕэ сылдьаары ду, элбэх табаар атыылаһаары ду куорат сиригэр тардыһар сыыһа дии саныыбын. Уопсайынан оҕолорго оскуолаттан саҕалаан тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаны, өйдөбүлү уларытыахха наада.»

Петр Дьяконовка Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытыгар тус кылаатын киллэрбитин иһин Федерация Сэбиэтин аграрнай, ас-үөл бэлиитикэтигэр уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы  Е.А.Борисов махтал суругун туттардылар.

Егор Борисов тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга биир санаанан үлэлиир тоҕоостооҕун бэлиэтээтэ. «Өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут баһылыкытара, бырабыыталыстыба тыа хаһаайыстыбатын өйүүллэр. Арассыыйа атын судаарыстыбалартан ас-үөл өттүнэн тутулуга суох буолуутун ситистэ. Урут бары “Буш буута” диэн аатырар эбит буоллаҕына, билигин дьон бары кэлии бородууксуйаны атыылыһыан баҕарбат», —диэтэ сенатор.

Саха сирин тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын съеһэ муус устар 5-6 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар буолан ааста. Тэрээһин түмүгүнэн региоҥҥа тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туһуламмыт этиилэринэн резолюция ыллылар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА