29 Кулун тутар 29.03
  • -14°
  • $ 92,26
  • 99,71

Саха сиригэр сууккаҕа 7 ойуур баһаарын умуллардылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр сууккаҕа Уус-Алдан, Таатта, Кэбээйи, Томпо, Орто Халыма, Алдан, Уус-Майа оройуоннарыгар 7 ойуур баһаарын умуллардылар. Нерюнгри, Таатта, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Алдан оройуоннарыгар 9 саҥа баһаары бэлиэтээтилэр.

Уопсайа 61 896,4 гектар иэннээх сиргэ, барыта 60 ойуур баһаара умайа турар:

Сунтаарга — 1;

Үөһээ Бүлүүгэ — 1;

Тааттаҕа — 2;

Өймөкөөн — 5;

Нерюнгрига — 12;

Уус-Майаҕа — 13;

Алдаҥҥа — 26.

«Билигин Алдан, Үөһээ Бүлүү, Нерюнгри, Өймөкөөн, Сунтаар, Таатта, Уус- Маайа оройуоннарыгар  4682,4 гектар иэннээх сиргэ тоҕус ойуур баһаара умуллара сылдьаллар»,-диэн оперштабка иһитиннэрдилэр.

Баһаарга барыта 578 киһи үлэлиир, онтон 451 парашютнай- десантнай сулууспа үлэһитэ, 79 ойуур баһаарынай сулууспа үлэһитэ, 25 ГПС үлэһитэ, олохтоох нэһилиэнньэттэн 23 доброволец. 28 тиэхиникэ туһанылла сылдьар.

Ааспыт сыл бу кэмҥэ уопсайа 1 613 240,5 гектар иэннээх сиргэ, 154 ойуур баһаар умайа турара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар