Саха сиригэр нэһилиэнньэлээх пууннары санитарнай ыраастаныыга икки ыйдаах дьаһал биллэрилиннэ. Бырабыыталыстыба уурааҕа үлэтин саҕалаата, экология министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйда.
Олорор сири ыраастаныыга дьаһаллар сылын аайы ыытыллаллар.
Муниципалитеттар баһылыктарыгар былаан ылынан үлэлииллэригэр сорудах бэрилиннэ. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр, даачалар, гараажтар тастарынан, атыы-эргиэн эбийиэктэрин, тутуулар ыытылла турар сирдэринэн, административнай тэрилтэлэр туһаайыыларынанн уонна да атын территорияларынан кыһыны быһа мунньуллубут бөхтөх-сахтан ыраастаныы күүскэ ыытыллыахтаах.
Былырыын төһө да коронавируһунан балаһыанньа тыҥааһыннаах буоллар, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 4491 субуотунньук ыытыллыбыт, 80-тан тахса тыһыынча киһи кыттыыны ылыбыт.
Санитарнай ыраастаныы дьаһалыгар бастыҥ көрдөрүүлээх улуустар: Орто Халыма (121 субуотунньук), Өлөөн (94), Аллайыаха (67), Дьокуускай куорат (1301), Мэҥэ Хаҥалас (361), Мииринэй (233) уонна Уус Алдан (213).
Ыраастаныы экология министиэристибэтин уонна Роспотребнадзор управлениетын хонтуруолларыгар бааллар.