Дьокуускай куорат 68 кыбартаалыгар К. Д. Уткин аатынан уулуссаҕа ООО «Прометей» хампаанньа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саамай улахан, 990 миэстэлээх оскуола тутуутун түмүктээн эрэр. Үс этээстээх дьиэҕэ 14 806 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх үөрэх кылаастарын, административнай хостору уонна сынньалаҥ зонаны тэрийиэхтэрэ, бу туһунан регион тутууга министиэристибэтин пресс- сулууспата иһитиннэрдэ.
«2022 сылга Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Бу бэлиэ даатаҕа республикаҕа 85 социальнай суолталаах объект тутулунна. Саҥа оскуола тутуута «үөрэхтээһин» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар уонна Саха АССР үбүлүөйүгэр аналлаах. Объект быйыл тутуллан бүтүөҕэ, бүгүҥҥү туругунан тутуу 80 %- на бэлэм. Билигин үлэһиттэр ититиини уонна вентиляция ситимин монтажтарын түмүктээри сылдьаллар, уу турбатын уонна канализацияны, электроэнергия систиэмэтин оҥороллор», — диэн иһитиннэрдэ тутуу министрин бастакы солбуйааччы Галина Новикова.