НВК САХА – Саха сиригэр үлэ миэстэтин бүларга дьулуһар дьон аччаабыта 67%-на биир үрдүк үөрэхтээх. Бу туһунан “HeadHunter” хампаанньа Уһук Илиҥҥи уокуругун пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Портал өрөспүүбүлүкэҕэ бүтэһик сыл иһигэр тарҕатыллыбыт резюмелары ырыҥалаан көрүүтүн түмүгүнэн: үлэҕэ наадыйар дьон 7% үрдүк үөрэхтэрин ситэри бүтэрбэтэхтэр, 17% – орто анал үөрэхтээх, онтон 9% резюмеларыгар орто үөрэҕи бүтэрбиттэрин ыйбыттар.
«Үрдүк үөрэҕи бүтэрбит дьон үгүс өттө «Юрист» (97%), «Үрдүкү менеджмент» (95%) уонна «Наука уонна үрэҕирии» (92%) эйгэлэригэр киирсэллэр. Үрдүк үөрэҕин ситэри бүтэрбэтэх үлэ көрдөөччү дьон үксүн «Искусство, медиа» (18%), «Атыы-эргиэн» (15%) уонна «Маркетинг, реклама, PR» (14%) идэлээх уобаластарга сыһыаннаахтар. Орто анал үөрэҕи бүтэрбитин үксүн «Үлэһит персонал» (57%), «Дьиэ-уот үлэһитэ» уонна «Спорт уонна кэрэ эйгэтин үлэһитэ» (50%)» үлэ миэстэлэрин буларга дьулуһар дьон ыйбыт», — диэн портал чинчийиитин түмүгэр этиллэр.
Саха сиригэр үлэ миэстэтин көрдүүн дьон иһигэр ыытыллыбыт ыйытык түмүгэ көрдөрбүтүнэн, биир үрдүк үөрэҕи бүтэрбит дьон 15% иккис үрдүк үөрэҕи ылыахтарын баҕаралларын, 41% — суоҕунааҕар баара ордук, 25% – баарынааҕар суоҕа ордук уонна 8% – хаттаан устудьуон буолуон баҕарбатын ыйбыт.
Источник: http://nvk-online.ru