30 Муус устар 30.04
  • -6°
  • $ 91,78
  • 98,03

Саха сиригэр хаарбах дьиэттэн 40-тахса тыһыынча киһи көһөрүлүннэ

14:01, 16 апреля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия президиэнэ көҕүлээбит «Жилье и городская среда» нацбырайыагынан Саха сиригэр 40-тан тахса тыһыынча киһи бэйэтин олорор усулуобуйатын тупсарынна. Уопсайа 740 тыһ кв м иэннээх хаарбат дьиэ суох оҥоһулунна.

Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

2019 — 2025 сылларга Саха сиригэр 1,1 мөл кв м иэннээх хаарбах дьиэттэн дьону көһөрөр былаан баар, манна 60 тыһ киһи олорор.

Тутуу миниистирэ Виктор Романов эппитинэн, 2024 сыл бүтүүтэ 998 тыһ кв м иэннээх сиргэ көһөрүү буолуоҕа, 53 тыһ киһи олорор усулуобуйатын тупсарыаҕа.

2019 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ 244 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутулунна, уопсай иэнэ 390 тыһ кв м. Быйыл 93 дьиэ киирэрэ былааннанар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА