Саха сиринээҕи ЦУР тэрилтэ өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар ыыппыт онлайн-ыйытыгын түмүгүн биллэрдэ. Чинчийии көрдөрбүтүнэн, чөл олоҕу нэһилиэнньэ 60% тутуһар, 35 — тутуспаттар, 5% — эппиэттиллэрин ыарырҕаттылар.
ЗОЖ-хайысханан ордук дьахталлар (72%) уонна 55-64 саастаахтар (71%) уонна 65-тэн үөһэлэр (86%) тутуһаллар. Ордук эр дьон тутуспат (47%) уонна кэргэнэ суох респонденнар (44%).
Ыйытыллыбыт дьон 36% куруук физкультуранан уонна спордунан дьарыктаналлар, 16% ыйга биирдэ эбэтэр онтон аҕыйахтык, 38% физкультуранан олох дьарыктамматтар. 1/10 дьон хоруйдууртан туттунна.
Доруобай аһынан 38% аһыыр, тутуспаппыт диэн 51% эппиэттээтэ. 11% доруобай ас тутулун билбэтин эттэ.
«Доруобай буолуу 10 сылыгар ЦУР тэрилтэни кытта Саха сирин олохтоохторо бэйэлэрин доруобуйаларыгар сыһыаннарын тохтоло суох чинчийиэхпит. Доруобуйаны элбэх ороскуота суох тупсарыныахха сөп — чөл олоҕу тутуһан, сөпкө доруобай аһынан аһаан, куһаҕан дьаллыктан аккаастанан, медицинскай профкөрүүлэри ааһан, сибиэһэй салгыҥҥа физкультуралаан», — диэтэ уопсастыба доруобуйатын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин кылаабынай бырааһа Алена Никитина.
Ыйытыы Instagram, VK, Одноклассники уонна Facebook соцситимнэргэ ыытылынна. Барыта 600 киһи кытынна.