19 Ыам ыйа 19.05
  • $ 90,99
  • 98,78

Саха сиригэр 600 гектар иэннээх ойуур баһаарын тохтоттулар

11:03, 14 июня 2023
Фото: Галина Мозолевская/ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Томпо улууһугар 600 гектар иэннээх улахан ойуур баһаарын тохтоттулар. Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр икки ойуур баһаарын булбуттара. Бу туһунан бэс ыйын 14 күнүгэр регион экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.

«Ааспыт сууккаҕа икки ойуур баһаарын тохтоттулар: биирэ — Томпо оройуонугар 610 гектар иэннээх, иккиһэ — Үөһээ Халыма улууһугар 6 гектар иэннээх. Баһаартан сэрэхтээх буолоуу сезона саҕаланыаҕыттан 1710 гектар иэннээх сиргэ барыта 33 баһаары бэлиэтээтилэр. Былырыын бу кэмҥэ 14 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ 82 баһаар бэлиэтэммитэ», — диэн Коноплев кэпсээтэ.

Бэс ыйын 14 күнүгэр сарсыарда Уус Маайа уонна Нерюнгри оройуоннарыгар икки ойуур баһаара баар, онно сүүрбэ киһи умулларыыга үлэлии сылдьар. Дьокуускай, Абый, Амма, Бүлүү, Уус Алдан, Өлүөхүмэ, Уус Маайа, Эбээн Бытантай оройуоннарыгар  баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэсиимэ салгыы үлэлиир.

Бу оройуоннарга олохтоохтору ойуурга сылдьартан туттуналларын көрөдөһөллөр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА