4 Ыам ыйа 04.05
  • $ 91,69
  • 98,56

Бэҕэһээ аҕыс ойуур баһаарын умуллардылар

Хаартыска -- «Авиалесоохрана» ФБУ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Ааспыт сууккаҕа сэттэ ойуур баһаарын умуллардылар. Онтон биирэ — ландшафтнай баһаар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 22 ойуур баһаарын умуллараллар. 

Бу туһунан экология министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Ойуур баһаарын Абый, Үөһээ Халыма, Муома, Нерюнгри, Өймөкөөн, Орто Халыма, Томпо уонна Уус Маайа улуустарыгар умуллара сылдьаллар. Баһаары бохсууга  650 баһаары умулларар дьон, тоҕус анал тиэхиньикэ үлэлиир.

17 АН-2 уонна Cessna сөмөлүөт ойуур баһаара буола турар сир иэнин кэтээн көрөр. Ми-8 бөртөлүөт баһаары умулларыыга үлэлиир.
Елена Потоцкая, Саха сирэ
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА