29 Муус устар 29.04
  • -4°
  • $ 91,78
  • 98,03

Саха сиригэр 2024 сылга бастакы төрөөбүт оҕону Одунхан диэн ааттаатылар

10:01, 17 января
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россияҕа дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр оҕо саас сылларыгар өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан уол оҕо күн сирин көрдө. Киниэхэ төрөппүттэрэ Одунхан диэн ааты биэрдилэр.

Ол туһунан бэйэтин телеграм-ханаалыгар регион баһылыга Айсен Николаев суруйда. Уол 2024 сыл тохсунньу 1 күнүгэр 01:16 чааска Михаил уонна Ирина Михайловтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөтө.

Күүтүүлээх бастакы оҕолоругар Одунхан диэн ааты биэрдилэр, эһэтин аатынан. «Сахалыы аат «айар», «салайааччы», «олоҕу уларыта тутааччы» диэн суолталаах. Одунхан төрөппүттэрэ бүгүн оҕо төрөөбүтүнэн туоһу суругу туттулар. Төрүүр дьиэҕэ уолу олус күүстээх, куоластаах уонна характердаах диэбиттэр», — диэн суруйда баһылык.

«Үйэ оҕолоро» сертификат бэлэх туттулар, 2024 сылга хапытаал кээмэйэ индексацияланан 110 тыһ солк буолла.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА