«Саха сирин кыһыҥҥы сөтүөтүн федерациятын «Саха моржи» чилиэннэрэ ахсынньы 1 күнүгэр Өлүөнэ өрүс муустаах уутугар сөтүөлүөхтэрэ. Үгэс буолбут тымныы ууга сөтүө «Зима начинается с Якутии» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар, диэн СИА кэпсиир.
Общественнай тэрилтэ салайааччыта Николай Софронеев кэпсииринэн, сөтүөҕэ саамай бэлэмнээхтэр эрэ кыттыахтара. Миэстэтигэр ЫБМ уонна медик үлэһиттэрэ дьуһуурустубалыахтара. Сылаас балааккалар туруоруллуохтара.
«Биһиги бэстибээл чэрчитинэн сыл аайы муустаах ууга сөтүөлүүбүт. Биһиэхэ ити чөл олох альтернативнай тутула буолар, хайдах доруобуйаны тупсарыахха сөбүн көрдөрөбүт. Тымныы ууга сөтүөлээччилэр бары экстремальнай харбааһыҥҥа эрдэттэн бэлэмнэнэллэр. Куттал суох буолуутун хааччыйар бары дьаһаллара булгуччу тутуһуллуохтара», — диэн Софронеев бэлиэтээтэ.
Муустаах ууга сөтүө ахсынньы 1 күнүгэр 14:00 куорат пляһыгар ыытыллар. Күнү-дьылы кэтээн көрөр киин сылыктыырынан, бу күн Дьокуускайга -30 кыраадыс буолара күүтүллэр.