Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар Россия олохтоохторугар 2021 сыл ахсынньы 31 күнүттэн 2022 сыл тохсунньу 9 күнүгэр диэри салҕаныахтара, ол туһунан регионнааҕы үлэ министиэристибэтэ эттэ.
Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык кэмигэр үлэ иһин, РФ Үлэ кодексатын 153 ыстатыйатыгар олоҕуран, хамнас икки бүк төлөнөр. Үлэһит баҕатынан, кини өрөбүллэргэ уонна бырааһынньык кэмигэр үлэлээбит буоллаҕына, атын күҥҥэ сынньанарыгар күн бэриллиэн сөп.
Маны сэргэ РФ Үлэ кодексатын 95 ыстатыйатыгар олоҕуран, ахсынньы 30 күнүнээҕи үлэ күнэ эбэтэр смена биир чааһынан кылгыыр.