«Азия оҕолоро» Оонньуу кэмигэр санитарнай уонна эпидемиологическай турук куттала суох буолуутун хааччыйыыга уонна хонтуруоллааһыҥҥа барыта 47 Роспотребнадзор управлениетын, гигиена киинин уонна эпидемиология исписэлииһэ, өрөспүүбүлүкэ 11 оройуонуттан 22 исписэлиис үлэлиир.
Исписэлиистэр күннэтэ объектар санитарнай туруктарын бэрэбиэркэлииллэр, лабораторнай мониторинг ыыталлар. Үөскээбит боппуруостары суһаллык объектар уонна тэрийэр хамыыһыйалар салайааччыларын кытта быһаараллар.
Оонньуулар чэрчилэринэн олорор сирдэригэр 2610 кыттааччы-спортсмен аһыыр, ол иһигэр 34 тас дойдуттан 1298 киһи, Россия регионнарыттан 737, Саха сирин хамаандатыттан 575. Олорор уонна култуурунай бырагыраама буолар сирдэригэр 1817 киһи, 2000 волонтер, 200 судьуйа, 500 сервис этэрээтиттэн хонтуруол ыыталлар.
Оонньуу объектарыгар барытыгар ас, иһэр уу хаачыстыбатын хонтуруоллааһын тэриллибит. Икки күҥҥэ 1264 иһэр уу уонна ас боруобата ылыллыбыт, инвентарьтан 686 смыв оҥоһуллубут. Лабораторнай чинчийии күн аайы ыытыллар.
Объектарга иһити, инвентары сууйуу, тус гигиенаны тутуһуу, ас хараллыытын усулуобуйатын, болдьоҕун тутуһууну хонтуруоллааһын күүскэ барар.
Дьокуускай куоракка уонна Оонньуу объектарыгар санитарнай-эпидемиологическай турук этэҥҥэ, астан сүһүрүү уонна инфекционнай ыарыы регистрацияламмата диэн СИА-ҕа Роспотребнадзор управлениета иһитиннэрэр.