22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

РФ бырабыыталыстыбата суолу өрөмүөннээһиҥҥэ уонна тутууга 120 млрд солк аныаҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саҥа уонна тутулла сылдьар массыына суолларын тутуу федеральнай киин сүрүн соругунан хаалар. 2022 сылга ити сыалга дойду министиэристибин резервнэй пуондатыттан эбии 120 млрд солк. көрүлүннэ. Итинник дьаһалга бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата, бу туһунан бырабыыталыстыба сайтыгар суруйдулар.

«Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» диэн нацбырайыпк чэрчитинэн, Саха сирэ региональнай суоллары тутууга уонна саҥардыыга эбии миллиард солкуобайы ылыаҕа.

Бу хайысхаҕа 86 млрд солк. трансферт быһыытынан 63 региоҥҥа массыына суолларын тардыыга уонна саҥардыыга биэриэхтэрэ. Ордук элбэх тыраассаны — 400 км Саратовскай уобаласка өрөмүөннүүллэр. Оттон Волгоградка Волганы уҥуордуур саҥа муоста тутуута салгыы барыаҕа.

Өссө 34 млрд солк. федеральнай шоссены тутарга уонна саҥардарга барыаҕа. Бу үп сорҕото Европа – Арҕаа Кытай уонна Казань – Екатеринбург  хайысхалар суолларын саҥардыытын түргэтэтэргэ көмөлөһүөҕэ.

Ону таһынан, анал үбүлээһин чэрчитинэн, Волгоград уонна Гудермес суоллара тутуллуохтара, бу куораттар Волгоград уобалаһын уонна Чечня социальнай- экономическай сайдыытыгар ураты суолталаахтар.

Үбү аныыр туһунан быһаарыы бэрэсэдьиэн сорудаҕынан ылылынна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА