Үөрэх министиэристибэтэ оскуолаларга туттуллар учебниктар саҥардыллыыларын туһунан бирикээс бырайыагын таһаарда. Ол туһунан суруйда «Парламентская газета».
Былырыын оскуолаҕа үөрэтэр учебниктар тустарынан саҥа бэрээдэктэрэ бигэргэммитэ. Онно судаарыстыбаннай экспертиза туһунан этиллэр. Билигин учебниктарга сыыһа уонна опечаток тиэкискэ, иллюстративнай матырыйаалга, комментарийдарга, быһаарыыларга таһаарыллыбатыгар улахан бэрэбиэркэ ыытыахтара. Бу ирдэбиллэргэ олоҕуран, учебниктарга баал туруоухтара: 3-тэн 0-га диэри. Үс баал — стандартка толору эппиэттиир.
Сиһилии https://ysia.ru/minprosveshheniya-podgotovilo-obnovlyonnyj-perechen-shkolnyh-uchebnikov/