22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Пётр Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылын өргүөттэр бэлиэтээтилэр

13:33, 21 октября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Бүлүү улууһугар Өргүөт нэһилиэгэр саха народнай поэта, оҕо-аймах тапталлаах суруйааччыта, биир дойдулаахтара Пётр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах тэрээһин буолла.

Пётр Николаевич төрөппүт кыра кыыһа Саргылана Петровна Наумова, күтүөтэ, саха народнай суруйааччыта Дмитрий Федосеевич Наумов уонна Нам нэһилиэгиттэн П.Н.Тобуруокап аатынан түмэл салайааччыта Иван Егорович Чыычаахап ыҥырыылаах ыалдьыт буолан кэлэн бардылар.

Пётр Николаевич олорбут дьиэтин көрдүлэр, оскуолаҕа үлэлээбит сылларыгар сэриигэ аттаммыт сиригэр өйдөбүнньүк бэлиэҕэ сырыттылар.

Өргүөттээҕи культура киинигэр нэһилиэк дьонун кытта көрсөн, ааспыты ахтан, сэһэргэһэн күндү ыалдьыт буоллулар.

Өргүөттээҕи модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Захарова И.И. Пётр Николаевич Өргүөтү кытта ситимин туһунан кэпсээтэ. Быракаан нэһилиэгин сельскэй библиотекатын сүрүннүүр библиотекара Байанаева М.Н. Пётр Николаевич олоҕун аргыһын, кэргэнин Евгения Васильевна Ноговицына туһунан сырдатта.

Источник: «Үөһээ Бүлүү» хаһыат телеграм-ханаала

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА