Уһук Илин уонна туризм эйгэтигэр ситиһиилэрдээх атын регионнар уопуттара салааны сайыннарыыга учуоттаныахтаах. Ол туһунан Владимир Путин Госсовет президиумун профильнай мунньаҕар иһитиннэрдэ, диэн СИА ТАСС-ка сигэнэн суруйда.
«Уһук илин субъектарын курдук, Федерация атын ситиһиилэрдээх субъектарын курдук, бүтүн туристическай салааны сайыннарыыга кинилэр уопуттарын оҥорон таһаарыыга хайаан да учуоттаныахтаахпыт», — диэтэ судаарыстыба баһылыга.
Президент Уһук Илиҥҥэ кэнники кэмҥэ элбэх саҥа туристическай маршруттар аһыллалларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Туристар айаннара Камчатскай кыраайга тохтоло суох үүнэр — бэҕэһээ эрэ ол туһунан губернаторы кытта кэпсэппитим, Сахалиҥҥа, Бурятияҕа. Үгэс курдук, макрегиоҥҥа, круизка ирдэбил үрдүк», — диэн президент эттэ.