Бэрэсидьиэн туһаайыытын үгүс киһи көрдө-иһиттэ, ол кэнниттэн араас былаһааккаларга – социальнай ситимнэргэ – ырытыһыы, кэпсэтии даҕаны элбэх. Уус Алдан улууһун олохтоохторо санааларын эмиэ эттилэр, суруйар https://www.instagram.com/muru.sahargata/
Анастасия Аммосова, Курбуһах нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгын э.т.:
– Арассыыйа бэрэсидьиэнэ тутууну уонна инфраструктураны сайыннарыы боппуруостарын таарыйбытын астынным. Ити биһиэхэ, тыа сиригэр олорооччуларга, быһаччы сыһыаннаах. Холобур, нэһилиэкпитигэр федеральнай бырагырааманан 50 миэстэлээх оҕо саадын тутуута саҕаланна. Ити «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» бырагырааманан ситиһиллибитэ. Салгыы нэһилиэкпитигэр балыыһа, сынньалаҥ киинин тутуулара былааннаналлар. Олортон биирдэрин эмит эмиэ федеральнай бырайыакка киллэрэр баҕалаахпыт. Онон дойду салалтата тыа сирин сайыннарар бырагырааматын биһириибин.