22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Прасковья Борисова далбар хотуттардыын көрүстэ

16:45, 20 марта 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

“Далбар Хотун” куонкурус кыттааччылара “Арассыыйа ийэлэрэ” хамсааһын салаатын бэрэссэдээтэлэ Прасковья Борисованы, Саха сирин дьахталларын түмсүүлэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Андрееваны кытары көрүстүлэр.


Профсойуустар дьиэлэригэр “Ийэ Албан аата” мусуойга буолбут көрсүһүүгэ историяҕа бэйэлэрин суолларын-иистэрин хаалларбыт бастыҥ ийэлэр, туруу үлэһит дьахталлар тустарынан кэпсээтилэр.

Прасковья Петровна дыргыл сыттаах сибэкки дьөрбөлөрүн туттартаата, кыттааччылары истиҥник эҕэрдэлээтэ. Ону тэҥэ сарсыардаттан хаардыы турбут халлааммыт халлан, чэмэлкэй күн тыган кэллэ, сааскылыы сырдык настарыанньаны үөскэттэ. Кини оҕону иитии, дьахтар уопсастыбаҕа оруолун туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Улуустааҕы күрэскэ кыайан, чулуулартан талыллан кэлбит саха бастыҥ дьахталлара буолаҕыт. Үбүлүөйдээх күрэскэ кыттар чиэскэ тигистигит. Эһиги кэннигитигэр оҕолоргут-кэргэттэргит, аймахтаргыт, нэһилиэккит, улуускут дьоно-сэргэтэ тураллар. Онон эппиэтинэс үрдүк. Бары да дьиэ кэргэҥҥитин, тус үлэҕитин таһынан уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктанар эбиккитин сэргии иһиттим. Маннык дьахталларга тирэҕирэн олох сайдар. Ийэ, дьахтар – уопсастыбаны хамсатар күүс. Биһиги аналбыт, миссиябыт дойдуга наһаа улахан суолталаах, ону сөпкө өйдүөхпүтүн наада. Кэнэҕэски ийэ буолуохтаах кыыс оҕону иитиигэ улахан болҕомтобутун ууруохтаахпыт. Ол да иһин оҕону иитиигэ туһаайан, Кыыс оҕо, Уол оҕо күннэрин олохтоотубут, Ийэ, Аҕа күннэрин бэлиэтиибит, — диэн Прасковья Петровна эттэ.

Кини: “Ийэ оҕолорун ситиһиилэринэн олорор. Аныгы үйэҕэ дьиэ кэргэҥҥэ кэпсэтии, алтыһыы аҕыйаабыт, төрөппүттэри кытары сибээс быстан эрэр курдук, оҕолор виртуальнай эйгэҕэ күүскэ ыллараллар. Эһиги оҕолоргут улааппыттар, ол эрээри, саҥа ыал буолан, оҕолонон-урууланан эрэллэр, онон сүбэҕэ-амаҕа син биир наадыйаллар. Төрөппүт оҕотугар үчүгэйи эрэ баҕарара чахчы, ол гынан баран, барытын бэлэмҥэ үөрэтэн, олоҕун чэпчэтэ сатыыра сыыһа. Оҕо үлэлии үөрэниэхтээх, араас үөрүйэҕи, сатабылы баһылыахтаах, олоххо сыаллаах, күннээҕи былааннаах, эрэсиимнээх буолуохтаах”, — диэн ийэлэри кытары атах тэпсэн олорон, истиҥник сэһэргэстэ.

Анжелика Егоровна бу куонкурус дьахталларга бэйэ күүһүгэр эрэли үөскэтэргэ, саҥа дьоннуун билсэн-көрсөн олоҕу киэргэтэргэ, билиини-көрүүнү кэҥэтэргэ, саҥа дьыаланы тэрийэргэ олук уурарын бэлиэтээтэ. Ону тэҥэ бу күрэс сиппит-хоппут, ситиһиилэммит ыал ийэтэ, эбэтэ уопсастыба олоҕор оруолун үрдэтэргэ туһуламмыт.

Ыччат, дьиэ кэргэн бэлиитикэтин министиэристибэтин үлэһитэ Анна Пермякова өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар үлэ-хамнас туһунан кэпсээтэ. Дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр бастакынан дьиэ кэргэн кэмитиэтэ тэриллибитэ. Бу кэмтэн 76 дьахтарга “Ийэҕэ Махтал” бэлиэни, 52 киһиэхэ “Ытык Аҕа” бэлиэни олохтоон туттарбыттар. 50 тахса сыл бииргэ олорбут ыаллары “Бочуот кинигэтигэр” киллэрбиттэр. Кэнники Дьоруой Ийэ бэлиэ олохтонон, 14 дьахтарга туттарбыттара, ону тэҥэ 9,8,7 оҕолоох ийэлэргэ “Ийэ Албан аата” бэлиэ бэриллибитэ. Элбэх оҕолоохторго, кыаммат ыалларга араас босуобуйалар, социальнай көмөлөр бааллар. Бу барыта дьиэ кэргэҥҥэ анаммыт судаарыстыбаннай бэлиитикэ буолар.

Көрсүһүү хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ. Онус төгүлүн ыытыллар “Далбар Хотун” куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэ кулун тутар 23 күнүгэр “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр буолуоҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА