Бу сыл алтынньы 24 күнүгэр диэри «Полярные авиалинии» хампаанньа Муомаҕа, Баатаҕайга, Сааскылаахха уонна Үрүҥ Хайаҕа билиэт сыанатын түһэрдэ диэн СИА иһитиннэрэр.
Дьокуускай-Муома-Дьокуускай хайысханан билиэт сыаната 15300 солкуобай буолла.
Дьокуускай-Баатаҕай — 15090 солк;
Баатаҕай-Дьокуускай — 11960 солк;
Дьокуускай-Сааскылаах-Дьокуускай — 24000 солк.
Дьокуускай-Үрүҥ Хайа — 20900 солк;
Үрүҥ Хайа-Дьокуускай 20000 солкуобай.
2-12-гэр диэри саастаах оҕолорго ити хайысхаларынан 50% чэпчэтии көрүллэр.
Сөмөлүөккэ 5 киилэ илии тутуурун итиэннэ 20 киилэ таһаҕас ылыахха сөп. Итинтэн үөһэ таһаҕаска хас эбии киилэ аайы 200-300 солк диэри айан хайысхатыттан көрөн төлүөххэ наада.