Быйыл РФ президиэнэ Владимир Путин улахан пресс-конференциятын «Прямая линия» биэриини кытта холбоон ыытыахтара. Тэрээһин ахсынньы 14 күнүгэр былааннанар.
Саха сирин политолога Чокуур Гаврильев быһа эфиры Саха сирин бырабыыталыстыбатын отчуоттарын кытта тэҥнээтэ: бу прессаны уонна норуоту кытта кэпсэтии эрэ буолбатах, уопсастыба санаатын уонна инники күөҥҥэ тутуллан быһаарыллыахтаах боппуруостары билии буолар.
«Владимир Владимирович саҕаланыытыгар дойдуга социальнай-экономическай эйгэҕэ ыытыллар үлэ туһунан информация биэрэр. Онтон нэһилиэнньэни кытта кэпсэтэр. Бу кэпсэтии Саха сирин бырабыыталыстыбатын сыллааҕы отчуотугар майгынныыр. Дьон этиитэ барыта учуоттанар, бары ыйытыыга хоруй бэриллэр, боппуруостар быһаарыллаллар. Президент быһа эфира олус интэриэһинэй буолуо дии саныыбын, чаҕылхай, сүрүн ыйытыыларга эппиэт тутуохпут», – диэтэ Чокуур Гаврильев.