Витус Беринг Камчаатка кытылыттан хоту устан, кэлин Бастакы Камчаатка эспэдииссийэтэ диэн ааттаммыт айанын сүрүн устуутун саҕалаабыт.
1908 сыллаахха Лондоҥҥа IV Олимпиада аһыллыбыт. Аан бастаан дьахталлар кыттыбыттар.
1930 сыллаахха аан дойду футболга бастакы чөмпүйэнээтэ Уругвайга буолбут.
1973 сыллаахха «Queen» бөлөх бастакы альбома тахсыбыт.
Бу күн РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Раиса Антонова, мелодист Елена Олбутцева төрөөбүттэр.
- Айыы итэҕэлигэр Дьылҕа үрүҥ суруга суруллар күнэ.
- АХШ, Теннеси штаат — Натан Форрест күнэ
- Венгрия — «Оҕус хаанын» бэстибээлэ[1]
- Казахстан — Дойду куттала суох буолуутун уорганнарын үлэһиттэрин күнэ
- Черногория — Судаарыстыбаннас күнэ. 1941 сыллаахха буолбут өрө турууга сыһыаннаах.
- Япония — Обон (дьоп. お盆 ) эбэтэр Бон (дьоп. 盆 ), өлбүттэри ахтан ааһар күн (от ыйын 16 диэри). Буддистар бу үс күн тухары өлбүттэр дьиэлэригэр таарыйан ааһаллар диэн итэҕэйэллэр. Бон одори диэн үҥкүү сиэрэ-туома толоруллар.
Түбэлтэлэр:
- 1728 — Витус Беринг Камчаатка кытылыттан хоту устан, кэлин Бастакы Камчаатка эспэдииссийэтэ диэн ааттаммыт айанын сүрүн устуутун саҕалаабыт. Бу айан кэмигэр Азияны уонна Американы араарар байҕал силбэһиитинэн устан Чукотка байҕалыгар тиийбит, Америка кытылын көрбөтөх да буоллар, Азия Американы кытта холбоспотун быһаарбыт. Бу ситиһиитин кэлин улуу айанньыт Джеймс Кук сыаналаан, силбэһиини Беринг аатынан ааттаппыта.
- 1772 — Англия айанньыта Джеймс Кук устуоруйаҕа аан бастакы сири арҕааттан илин эргийэр айанын саҕалаабыт.
- 1793 — Француз публициһа уонна өрөбөлүссүйэниэрэ Жан-Поль Марат сууна сырыттаҕына бэлиитик Шарлотта Корде өлөрбүт.
- 1857 — Лондоҥҥа Герцен «Колокол» сурунаал бастакы нүөмэрин таһаарбыт. Бу сурунаал Арассыыйаҕа бастакы оппозиционнай таһаарыыннан ааҕыллар.
- 1878 — Берлииннээҕи сөбүлэҥ түһэрсиллибит. Балкааннар каарталара төрдүттэн уларыйбыт: Сербия, Черногория уонна Румыния Осмаан импиэрийэтиттэн букатын тутулуга суох буолбуттар.
- 1908 — Лондоҥҥа IV Олимпиада аһыллыбыт. Аан бастаан дьахталлар кыттыбыттар.
- 1930 — Аан дойду футболга бастакы чөмпүйэнээтэ Уругвайга буолбут.
- 1941 — Черногорияҕа дойдуну оккупациялаабыт итальянецтары утары өрө туруу саҕаламмыт. Үс нэдиэлэ иһигэр дойдуну барытын кэриэтэ хаппыт, ол эрээри өссө үс нэдиэлэннэн хам баттаммыт.
- 1944
- Аҕа дойду Улуу сэриитэ: 3-с Белоруссия фронун сэриилэрэ Вильнюс куораты нацистартан босхолообуттар.
- Аҕа дойду Улуу сэриитэ: 1-кы Украина фронун сэриилэрэ кимэн киириини саҕалаабыттар. Львов-Сандомир эпэрээһийэтэ саҕаламмыт.
- 1947 — Парижка мустубут Европа дойдуларын тас дьыалаҕа миниистирдэрэ Европа сөргүтүллэр былаанын ылыммыттар. Бу былааны АХШ госсэкиритээрэ Джордж Маршалл оҥорбута. Сэбиэскэй Сойуус сабыдыалыгар киирбит Илин Европа дойдулара уонна Финляндия бу Кэмпириэнсийэҕэ кыттартан батыммыттара.
- 1955 — ССРС-ка «Иностранная литература» сурунаал бастакы нүөмэрэ тахсыбыт. Сэрии иннинэ «Интернациональная литература» диэн сурунаал тахса сылдьыбыттаах эбит.
- 1973 — «Queen» бөлөх бастакы альбома тахсыбыт.
- 1990 — Арассыыйа Федерациятын Киин баана олохтоммут.
- 2009 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Кыһыл кинигэтигэр уларытыылар киирбиттэр.
Төрөөбүттэр:
- Б. э. инн. 100 сыл — Юлий Цезарь, Рим полководеһа уонна судаарыстыба дьайыксыта (б. э. инн. 44 с. өлб.)
- 1935 — Раиса Антонова төрөөбүт, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
- 1940 — Елена Олбутцева төрөөбүт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист.
Өлбүттэр:
- 1943 — Арбита — саха биллиилээх бэйиэтэ, тылбаасчыта.
- 1954 — Фрида Кало, Миэксикэ уруhуйдьута.
- 1990 — Афанасий Дьяконов (02.12.1948 төр.) — Саха сиригэр XVIII-XIX үйэлэргэ түүлээх бултааһынын уонна эргиэнин чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 2007 — Сардаана Ойунская (06.09.1934 төр.) — саха таабырыннарын, тойугун, олоҥхотун чинчийбит фольклорист, литературовед, тыл үөрэҕин хандьыдаата.
- 2010 — Николай Берестов (1932 төр.), композитор.