Россия правительствота бюджетыгар оскуола оптуобустарыгар 10 млрд солк уонна суһал көмө массыыналырыгар 6 млрд солк атыылаһыыга көрүөҕэ. Бу сылын аайы ыытыллар дьаһал буолуоҕа, диэтэ премьер-миниистир Михаил Мишустин анал мунньахха.
Эрдэ этиллибитинэн, президент Владимир Путин бырабыыталыстыбаҕа 2021-2024 сылларга оскуола оптуобустарын пааркатын уонна суһал көмө массыыналарын саҥардыыга сорудахтаабыта. Манна анаан миниистирдэр кабинеттара 15 млрд тахса солк сууманы көрдө.
Мишустин мунньахха эппитинэн, чугастааҕы 4 сылга регионнарга 16 000 оптуобус уонна 5 000 «скорай» тиийиэхтээх.
Вице-премьер Юрий Борисов иһитиннэрбитинэн, «Регионнар бу техникаларга төһө наадыйыылара доруобуйа харыстабылын уонна үөрэх министиэристибэлэригэр иһитиннэриилэринэн быһаарыллыбыт».
Регионнарга билигин 900 суһал көмө массыыната уонна 2000 оскуола оптуобуһа тиксэриллибит.