Полис нүөмэрин реестиргэ киһи төрөөбүтүн кээн тутатына, эбэтэр РФ гражданствотын ылаатын кытары киллэрэр буолуохтара. Кумааҕы полистан аккаастаммат бырааптааххын диэн «Российская газета» иһитиннэрэр.
Полиһын дааннайдарын госуслуги кабинетыгар эбэтэр, төлөпүөҥҥэр QР-код курдук илдьэ сылдьыаххын сөп. Мэдэссиинэ көмөтүн ыларга пааспаргын эрэ көрдөрүөххин син, салгыы регистратураҕа туох наадатын бэйэлэрэ булуохтара.
“Доруобуйа харыстабыла уонна ОМС «сыыппараҕа» көстөҕүнэ, мэдэссиинэ өҥөтүнэн туһанарга кумааҕы страховка булгуччута суох буолуоҕа”, — диэн Госдума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин бэлиэтээтэ.
2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн мэдэссиинэ көмөтүн көрдүүргэ ханнык баҕарар удастабырыанньалыыр докумуону көрдөрүөххэ сөбүн чуолкайдаата. Ол эрээри киһи бэйэтэ кумааҕыга дуу, пластиковай каартаҕа дуу баҕарар буоллаҕына, оҥотторуон сөп.
Ону тэҥэ, саҥа төрөөбүт оҕолорго кумааҕы полистар 2022 сыл от ыйын 1 күнүттэн наадата суох буолуохтара. Бырааска көрдөрөллөрүгэр төрөөбүтүн туһунан сибидиэтилистибэ эрэ ирдэниэҕэ.
«Дьон бырааска киирэн көннөрү көмө көрдүүрүгэр, солуута суох бюрократия ирдэбилэ эрэйи үөскэтэр”, — диэн Володин чопчулаата.