Дьокуускайга 202-с микрооройуоҥҥа олунньу 16 күнүттэн «Северное сияние» муус паарката үлэтин саҕалыыр. Быйыл сыана 300 — 400 солк иһинэн быһылынна, суруйар ЯСИА.
«Олунньу 16 күнүгэр 20:00 чааска арыллыахпыт, ол чиэһигэр фейерверк буолуоҕа. Олунньу 16, 17 уонна 18 күннэригэр 15:00 чаастан кырачаан ыалдьыттары аниматор күүтүөҕэ, бэлэхтэрдээх оонньуулар, куонкурустар ыытыллыахтара», — ЯСИА-ҕа паарка үлэһиттэрэ кэпсээтилэр.
Паарка күн аайы 11:00 — 23:00 чааска үлэлиэҕэ. Киирии төлөбүрэ киһи үрдүгүнэн ааҕыллыаҕа. 107 см үрдүктээх оҕолорго — киирии босхо.
140-тан кыра үрдүктээхтэргэ билиэт 300 солк, 140 см үөһэ — 400 солк.
Элбэх оҕолоохторго, СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо чэпчэтиилээх билиэт — 200 уонна 300 солк, докумуон ирдэнэр.
Төрөөбүт күннээхтэргэ уонна 18 диэри саастаах тулаайахтарга — босхо.