Өрөспүүбүлүкэтээҕи онус Олоҥхо Ыһыаҕар, Үөһээ Дьааҥыга тэрийээччилэр эҥин-эгэлгэ тэрээһиннэри бэлэмнээтилэр. Олор истэригэр оҕустары сүүрдүү баар.
Быйылгы Олоҥхо Ыһыаҕын тэрийиигэ 56 киһилээх режиссердар, туруорааччылар бөлөхтөрө Дьааҥыга үлэлиир. Ыһыах «Хоптолоох» сиригэр-уотугар ыытыллыаҕа.
«Сахалар былыр оҕустары харсыһыннараллара. Быйылгы Ыһыахха харсыһыннарыы буолбакка, ат сүүрдүүтүн курдук араас дистанцияларга сүүрдүөхтэрэ.
Олоҥхо Ыһыаҕа ыһыллыбыта быйыл онус сыла. Бу кэм-кэрдии устата быйыл бастакытын буолар «Олоҥхо уонна театр» фестивалга өрөспүүбүлүкэ бастыҥ олоҥхоһуттара тоҕуоруһуохтара», — диэн СИА-ҕа Үөһээ Дьааҥы култуураҕа управлениетын начальнига Екатерина Ноговицына эттэ.
Олоҥхо Ыһыаҕын үөрүүлээх бырагырааматыгар «Тымныы Полюһа» оройуоннааҕы кыраайы үөрэтэр музей экспонаттарын быыстапката, хайа иччилэригэр сүгүрүйүү, күнү көрсүү, кымыһы иһии сиэрдэрэ-туомнара, улуус баһылыга олоҥхоһуттары кытта көрсүһүүтэ, о.д.а. тэрээһиннэр киирдилэр.