Ньурба улууһун депутаттарын мунньаҕын алтыс сессиятыгар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр туһунан саҥа балаһыанньа ылылынна.
Депутаттар «Ньурба ыала» диэн биир кэмнээх муниципальнай төлөбүр туһунан саҥа балаһыанньаны бигэргэттилэр. Докумуоҥҥа олоҕуран, улууска олорор алта уонна онтон элбэх оҕолоох ыалга 1 мөл солк диэри суумалаах харчынан өйөбүл оҥоһуллуоҕа.
Маны сэргэ, быыбардааччылар накаастарынан, депутаттар туруорсууларынан, 2024 сыл саҕаланыаҕыттан бу күҥҥэ диэри норуокка биллибит «Ньурбатааҕы ийэ хапытаала» бырагыраама үлэлиэҕэ. Төрдүс уонна онтон кэлэр оҕолорго 100 тыһ солк биэриэхтэрэ. Салгыы бырагыраама саҥардыллыаҕа, ол туһунан суруйда оройуон сэбиэтин пресс-сулууспата, @gazetanyurba