“Сокуон ылынылынна да, уларыйбат диэн буолбатах. Кэм хаамыытынан, эрэгийиэн уратытын учуоттаан туран, уларытыылар киириэхтээхтэр”, – диэн бэлиэтиир Саха сирин уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Николай Бугаев уулуссаҕа бэйдиэ сылдьар ыттары хонтуруоллааһыҥҥа бүгүн ыытыллыбыт “төгүрүк остуол” кэмигэр.
Николай Бугаев иһитиннэрбитинэн, “төгүрүк остуол” кэмигэр киирбит этиилэри уопсастыбаннай палаата барытын хомуйан, Ил Түмэн көрүүтүгэр ыытыаҕа.
– “Төгүрүк остуол” кэмигэр үгүс этии киирдэ. Ил Түмэн дьокутааттара, быһаччы үлэлэһэ сылдьар бэтэринээрдэр, уопсастыбаннас санааларын эттилэр. Бу этиилэри барытын мунньан туспа сурук суруйаммыт Ил Түмэн мунньаҕар көрүүгэ ыытыахпыт. Бу киирбит этиилэри олоххо киллэрэр туһугар бары үлэлэһиэхтээхпит дии саныыбын, – диэн бэлиэтиир кини.
Санатан эттэххэ, бэйдиэ сылдьар ыттары хонтуруоллааһыҥҥа 498-с нүөмэрдээх федеральнай сокуон 2018 сыллаахха ылыныллан, 2019 сыл тохсунньутуттан күүһүгэр киирбитэ. Бу сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан Николай Дмитриевич маннык этэр:
– Сокуон уларыйбат диэн буолбатах. Олох сайдан баран иһэр. Ону кытары тэҥҥэ сокуон хайа баҕарар уларыйар кыахтаах. Арассыыйа киэҥ-куоҥ сирдээх, хас биирдии эрэгийиэн бэйэтэ уратылаах. Ол эмиэ барыта сокуоҥҥа учуоттаныллыахтаах. Билигин сокуон ирдэбилинэн, ыттары хаайар, көрөр-истэр сирдэр баар буолуохтаахтар, ыттары уодьуганныыр көҥүллэммэт. Ол эрээри хайа да түгэҥҥэ киһи бырааба кыылтан-сүөлтэн үрдүкү туруохтаах, бастакы миэстэҕэ сылдьыахтаах.
Ааптар: Аграфена Кузьмина, edersaas.ru