Бу сарсыарда Нерюнгри куоратыгар «Радуга» кооперативнай гарааска дэлби тэбии таҕыста. Быһылаан түмүгэр биир киһи суорума суолланна. Бу туһунан ЫБММ Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрэр.
Дэлби тэбии түмүгэр биир массыына умайда, икки гараас дьиэтэ суулунна. Комсомольскай правда уулуссаҕа турар аттынааҕы дьиэлэр сорох туннуктэрэ алдьанна.
Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин үлэһиттэрэ быһылаан төрүөтүн быһаараллар.