22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Нам» айан трассатыгар биэс килэмиэтирдээх суолу өрөмүөннээн туттардылар

11:02, 08 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн бу нэдиэлэҕэ хас да учаастакка өрөмүөннэр түмүктэннилэр. «Нам» трассаҕа Саха сирин суолларын управлениетын тутар хамыыһыйата үлэлээтэ.

Управление генеральнай дириэктэрэ Семен Филиппов эппитинэн,  балаҕан ыйын бастакы декадатыгар «Анаабыр» уонна «Дьааҥы» тарссаларга 25 км уонна 30 км туһааннааҕынан өрөмүөн кэнниттэн үлэҕэ киириэхтээхтэр.

“Маны сэргэ, суолу тутар хамыыһыйа «Нам» трассатыгар биэс килэмиэтирдээх өрөмүөннэммит суолу тутта. Хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээтилэр. Бэдэрээччик «Инвестдорстрой” тэорилтэ коронавирус да атахтаатар, болдьоҕун биир ый эрдэлээн туттарда”, – диэтэ кини.
«Нам» суолугар былаан быһыытынан үс учаастак оҥоһулунна, уопсай уһуна — 23,5 км. Манна 607,75 мөл.солк. көрүлүннэ.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА