3 Сэтинньи 03.11
  • -26°
  • $ 97,55
  • 106,14

"Бүлүү", "Халыма" суолларыгар 100-тэн тахса км суолу тутуохтара

15:01, 30 апреля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйыл «Бүлүү», «Халыма» суолларыгар 100 км тахса суол оҥоһуллуо. Бу туһунан «Бүлүү» суолга Управлениета иһитиннэрэр.


«Бүлүү» трассатыгар 77 килэмиэтири оҥоруохтара. Мантан 58 килэмиэтирин аспааллыахтара, уу барар турбаларын ууруохтара, саҥа суол бэлиэлэрин ууруохтара. Сунтаар улууһугар Угуйа уонна Хара үрэхтэри туоруур икки муостаны үлэҕэ киллэриэхтэрэ.

«Халыма» суолугар 38 км тутар сорук турар. Төҥүлү — Чурапчы итиэннэ Хандыга — Теплай Ключ ыккардыларыгар 25 км суолу хапытаалынайдык оҥоруохтара. Аллараа Бэстээх – Чурапчы ыккардыгар суол аспаалланыа. Быйыл саҕаламмыт үлэлэр 2022 сыллаахха түмүктэниэхтэрэ. Быйыл Өлүөнэ өрүһүгэр киирии суол кэрчиктэрин Дьокуускай уонна Аллараа Бэстээх өттүлэриттэн тимир бетон билиитэлэринэн ууран бөҕөргөтүөхтэрэ.

Маны таһынан Заячья петля уонна Нератааҕы прижимҥа кэҥэтии үлэтэ барар. Киэҥ далааһыннаах үлэ 2024 сылга бүтүөхтээх.

Арассыыйа Главгосэкспертизата быйыл Үөһээ Бүлүү аннынан Бүлүү өрүһү туоруур муоста бырайыагын көрүөхтээх. Маны таһынан Алдан өрүһү туоруур муоста тутуутугар инженернай, геологическай үлэлэр ыытыллаллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА