3 Ыам ыйа 03.05
  • $ 92,05
  • 98,64

Намҥа гаас үлэһиттэрэ оттук сезонугар 62% бэлэм олороллор

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Газовиктар кэлэр оттук сезонугар бэлэмнэнэллэр. Нам улууһа гааһынан туһанан олорор биир бөдөҥ оройуон буолар, манна 6836 олохтоох дьоҥҥо, 157 олох-дьаһах эбийиэктэригэр гаас киллэриллиэхтээх уонна техническэй хааччыйыы ыытыллыахтаах.

«Кыһыҥҥы кэмҥэ былааннаммыт кээмэйтэн 62% бэлэммит. Биһиги 19 нэһилиэнньэлээх пууннары, ол иһигэр Кэбээйи оройуонун Ситтэтин үлэлэтэбит. 500 км. уһуннаах гаас ситимин туругун ураты хонтуруолга тутан, көрө-истэ сылдьабыт. Эбиитин газ хампаанньатын исписэлиистэрэ 41 гаас пуунугар техническэй хааччыйыыны киллэриэхтэрэ. Ону сэргэ  УГРС-ка «Нам-Кириэс-Кытыл-Никольскай» үрдүк баттааһыннаах, 159 мм диаметрдаах уонна 5700 миэтэрэ уһуннаах гаас учаастагын өрөмүөннүөхтээхтэр», — диэн гаас учаастагын начальнига Андрей Новгородов иһитиннэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА