22 Ахсынньы 22.12
  • -39°
  • $ 102,34
  • 106,54

Муус устар 9 күнэ. Бикипиэдьийэҕэ чэбэрдик олоруу туһунан ыйаах тахсыбытын бэлиэтээбиттэр

09:13, 09 апреля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өссө 1699 сыллаахха Петр I ыраахтааҕы Москва куораты чэбэрдик тутууга ыйаах таһаарбыт. 2020 муус устарыгар дойдуга коронавирус пандемията тарҕамматын туһугар чэнчис олоҕу тутуһуу, «самоизоляцияланыы» миэрэлэрэ ылыллаллар.


🔹1699 сыллаахха Петр I ыраахтааҕы «О наблюдении чистоты в Москве и о наказании за выбрасывание сору и всякого помету на улицы и переулки» диэн ыйаах таһаарбыт.

🔹1898 сыллаахха Өлүөхүмэ Маачатыгар Иван Редников төрөөбүтэ (1898-1974). Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, кадровай байыаннай, Иккис аан дойду сэриитин кэмигэр политрук, полковник, хомуньуус баартыйа уонна сэбиэт үлэһитэ.

🔹1925 — Дьокуускай тыйаатырыгар саха турууппата тэриллибит.

🔹1945 — маршал Василевскай сэриилэрэ Илин Пруссия киинин Кенигсберг куораты сэриилээн ылбыттар. Бу уоттаах кыргыһыыга саха буойуттара кыттыыны ылбыттара. Сотору кэминэн Баппаҕаайы Холболооҕор 1919 сыллаахха төрөөбүт, Горнай улууһун
Кировскай нэһилиэгиттэн сэриигэ ыҥырыллыбыт, «Туйгун пулеметчик» бэлиэлээх, «Кыһыл сулус», «Кенигсберы ылыы иһин», «Хорсунун иһин», «Германияны кыайыы иһин» бойобуой мэтээллэрдээх, иккис группалаах сэрии инбэлиитэ, бүлүмүөтчүк Петр Иннокентьевич Татаринов туһунан кинигэ тахсыаҕа. Быйыл Кыайыы 75
үбүлүөйдээх сылыгар «Вторая мировая война. Фильм 10. Идеальный
штурм» документальнай киинэҕэ бүлүмүөтчүк Татаарынап сэрии
кэминээҕи олоҕо ырылхайдык көһүннэ.

🔹1964 — саха живописеһа Наталья Николаева төрөөбүт.

Тыйаатыр туһунан сиһилии: https://sah.wikipedia.org/wiki/П.А._Ойуунускай_аатынан_Академическай_Саха_тыйаатыра

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА