22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Муниципалитеттар автокулууп ылыыга куонкуруһу ааһыахтара

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тохсунньу 25 күнүттэн Саха сирин муниципалитеттарыттан элбэх функциялаах култуурунай көһө сылдьар кииннэри ылыыга сайаапка хомуйуута саҕаланар. Биэс автокулууп баар. Бырагыраама «Култуура» нацбырайыак чэрчитинэн ыытыллар уонна аан бастаан тэриллэр. 

 «Автокулууп – анал автотырааныспар, «ГАЗель» эбэтэр «КамаАЗ» массыыналарга олоҕуран оҥоһуллубуттар. Сценалаах, уот холбуур, тыас-уус таһаарар тэриллэрдээх. Онон ханна баҕарар култуурунай тэрээһини манан ыытыахха сөп.

2022 сылга биэс автокулуубу өрөспүүбүлүкэ сэлиэнньэлэригэр, бөһүөлэктэригэр ыытылыахпыт. Федеральнайдааҕы бюджеттан бу сыалга 23,4 мөл солк көрүлүннэ.

Ханнык муниципалитет ыларын куонкурус быһаарыаҕа. Сүрүн ирдэбил: муниципалитет өттүттэн хардарыта үбүлээһин баар буолуохтаах. Култуура дьиэлэригэр штакка нэһилиэнньэни мобильнай хааччыйыы биригээдэтэ баара ордук.

Маннык куонкурсу аан бастакыбытын ыытабыт. Сайаапканы тохсунньу 25 — 31 күннэригэр тиксэриэхтэрин сөп, — култуура миниистирин бастакы солбуйааччыта Владислав Левочкин эттэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА