Бүгүн “Министр” оонньуу кыттыылаахтара сорудахтарын ыллылар. Бу күнтэн саҕалаан кыттааччылар бырайыактарынан үлэлиэхтэрэ, диэн иhитиннэрэр edersaas.ru.
Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтатын салайааччыта Федор Борисов этэринэн, бырайыактары суруйууга эдэрдэр сүрүннээн саҥаны, сонуну киллэриигэ үлэлэһиэхтээхтэр. ““Министр” оонньуу каадыры талыыга эрэ буолбакка, саҥаны киллэриигэ эмиэ төһүү буолар. Холобур, “Оонньуу” кэнниттэн “Якутия” венчурнай хампаанньа, технопаарка арыллыбыттара. Ону сэргэ, Арктика сайдыытыгар биэс сыллаах былаан оҥоһуллубута, Арктика күнэ диэн ыытыллар буолбута. 2010 с. Ыччат бырабыыталыстыбата тэриллибитэ.
Хамаандалар боппуруостары сэрэбиэйинэн талан ыллылар. Биир билиэккэ үстүү ыйытыы киирэр. Бастакыга хамаандалар бары улуустар 2030 с. диэри олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга бырайыак суруйуохтаахтар. Бу – сүрүн үлэлэрэ буолуоҕа. Ону таһынан иккис, үһүс боппуруостарыгар экономикаттан саҕалаан аан дойду бэлиитикэтигэр тиийэ ыйытыылар баар буолуохтара.
Ол курдук, “үрүҥнэр” Саха сирин илин өттүгэр баар улуустары сайыннарыыга үлэлэрин туһулуохтаахтар. Ону сэргэ гааһы туһаныыга, Уһук Илин регионнар сайдыыларыгар АТЭС суолтатын быһаарыахтара. “Сырдык саарыллар” Бүлүү бөлөх улуустарын ыллылар. Иккис боппуруостарыгар “Биир гектар”, үһүстэригэр стратегияҕа саҥаны киллэрии түбэстэ. “Кыһыллар” киин улуустар холобурдарыгар бырайыак суруйуохтара. Ону таһынан экономика уопсай сайдыытыгар, тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар хоруйдуохтара. “Саһархайдар” Саха сирин арҕаа өттүн сайыннарыыга, “креативнай экономикаҕа”, кириисискэ санааларын этиэхтэрэ. “От күөхтэр” арктика улуустарыгар саҥаны киллэриини, уопсастыбаннай хонтуруолу, аан дойдуга күөн көрсүһүүнү ырытыахтара. “Халлаан күөхтэр” илин эҥэр улуустарга, стратегическэй былааннааһыҥҥа, инновационнай сайдыыга былаан оҥоруохтара. Оттон “хара саарыллар” соҕуруу Саха сирин сайдыытыгар бырайыак көмүскүөхтэрэ, информационнай уопсастыба, социальнай инвестиция туһунан кэпсиэхтэрэ.