22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мэҥэ Хаҥаласка Физкультура уонна спорт сыла биллэрилиннэ

17:52, 25 января 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Оройуон баһылыга Николай Старостин бэйэтин этиитигэр оройуоҥҥа спорду сайыннарыыга материальнай-техническэй базаны ситэри хаҥатар соругу туруорунабыт, ол курдук, Аллараа Бэстээххэ бассейннаах спорткомлекс бырайыага оҥоһуллан, экспертизата түмүктэнэн тутууну ыыттарарбыт хаалла, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө Хара нэһилиэгэр интернаттаах, спорт саалалаах саҥа оскуола бырайыага оҥоһуллара ситиһилиннэ, тутуута саҕаланыа, СӨ Спорка министерствотын кытта сүбэлэһэммит Майаҕа стадиону саҥардан оҥорторор былааннаахпыт, улууска Физкультура уонна спорт сыла биллэриллибитинэн, кулун тутарга Мэҥэҕэ Министиэристибэ күннэрэ ыытыллыахтара диэн эттэ. “Быйыл улууска Культура уонна спорт сылын 60-с төгүлүн ыытарбыт түбэһиэхчэ буолбатах. “Спорт ‒ селу” тэрээһин өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллар буолла. Биһиги оҕолорбут “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга республика чиэһин көмүскүөхтэрэ, оттон саамай күүтэр улахан тэрээһининэн Рио-де-Жанейро куоракка Василий Егоровпыт Олимпийскай оонньууларга кыттыыта буолуоҕа. Онон үүммүт сылы оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ киэҥник, далааһыннаахтык ыытыахпыт диэн эрэнэбит”, ‒ диэтэ уонна бастыҥнарга наҕараадалары туттартаата.

Үөрэххэ — Чыамайыкы оскуолатын директора Федор Белолюбскай, доруобуйа харыстабылыгар — Мария Слепцова, ОДьКХ салаатыгар — Людомир Романов, тыа хаһаайыстыбатыгар — Татьяна Семенова, полицияҕа — Сардаана Павлова, культураҕа — Алексей Говоров, иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэҕэ “Эркээйи” хаһыаттан — Марфа Птицына, РЭС сулууспатыгар — Евгений Пинигин, эдэр баһылыктарга — Дойду нэһилиэгин баһылыга Федор Федоров, үөрэнээччилэргэ — В.П.Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын үөрэнээччитэ Андрей Антонов, студеннарга — ХИФУ 4 кууруһун студена Раиса Кириллина, волонтердарга — Араҥас нэһилиэгин ыччатын специалиһа Мотрена Олесова “Сыл бастыҥ ыччата” ааты сүгэр чиэстэннилэр. Ыччаты көҕүлээһиҥҥэ педагогическай этэрээттэн Айна Попова, Бүтэйдээхтэн Алексей Игнатьев, профсоюзтан Наталья Брызгалова, дьиэ кэргэттэргэ Дьабыылтан Аммосовтар, Бүтэйдээхтэн Слепцовтар бастыҥнарынан ааттаннылар.

Бу күн 2015 сыл бастыҥ спортсменнара, тренердэрэ, спорду көҕүлүүр аҕа саастаах дьоммут үрдүкү сценаттан бэлиэ наҕараадалары, бириэмийэлэри, улуустааҕы спартакиадаҕа кыайыыны ситиспит нэһилиэктэр баһылыктара анал сертификаттары туттулар. Үүнэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ оҕо спортивнай оскуолатын чэпчэки атлетикаҕа тренерэ Дмитрий Павлов “СӨ физическэй культураҕа уонна спорка туйгуна” бэлиэнэн, оттон ыччаты көҕүлээһиҥҥэ кылаатын иһин Төҥүлүттэн ыччат специалиһа Алиса Куприянова “СӨ Ыччат политикатыгар туйгуна” ааттары сүктүлэр.

Ил Түмэн депутата Юрий Баишев оройуон дьонун-сэргэтин ситиһиилэриттэн астынарын этэн туран: “Өрөспүүбүлүкэҕэ физкультура, спорт эйгэтигэр улуустар икки ардыларыгар биллэриллибит куонкуруска оройуон баһылыга Николай Старостин иккис төгүлүн “Сыл бастыҥ баһылыга” ааты сүкпүтүнэн итиэннэ спорсменнарбыт үрдүк ситиһиилэммиттэринэн эҕэрдэлиибит. Быйылгы сылга соруктарбыт улахаттар: Олимпийскай оонньуулары, “Азия оҕолорун” тэҥэ Дьокуускайга көҥүл тустууга Россия чемпионата ыытыллыаҕа. Олимпиадаҕа кыттар Василий Егоровпытыгар өйбүтүн-санаабытын түмэн ситиһиилэри баҕарабыт. Быйыл улууска биллэриллибит Физкультура уонна спорт сылыгар дьон-сэргэ, учууталлар, тренердэр үлэлиир-хамсыыр, тугу эмэ ситиһэр баҕалара күүстээҕиттэн астынным”, ‒ диэтэ.

Улууска Физкультура уонна спорт сылын аһыллыытын үөрүүлээх түгэнин биллэрэн спорт управлениетын начальнига Александр Брызгалов уонна оройуон баһылыгын тутуу боппуруостарыгар солбуйааччы Александр Куличкин үрдүк өрөгөй бэлиэтин ‒ чороону өрө көтөхтүлэр, 31 нэһилиэк баһылыктара сыл бэлиэлээх былаахтары тутан параадтаан киирдилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА