18 Алтынньы 18.10
  • -6°
  • $ 97,15
  • 105,76

Мас-рестлиҥҥа оскуола лигатын норуоттар ардыларынааҕы таһымҥа тэрийэр былааннаахтар

11:01, 28 июня
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Мас-рестлиҥҥа оскуола лигатын норуоттар ардыларынааҕы таһымҥа тэрийэр былааннаахтар. Бырайыак саҕаланыытын туһунан мас-рестлиҥҥа норуоттар ардыларынааҕы федерация спорт национальнай көрүҥүн пропагандалыыр дойду бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүһүүгэ эттилэр. Ол туһунан ЯСИА суруйда.

Тас дойдулар исписэлиистэрэ, тренердэр, менеджердэр, тас дойдулар бу көрүҥҥэ федерацияларын салайааччылара Дьокуускайга «Азия оҕолоро» оонньууларга кэллилэр.

Мас-рестлинг норуоттар ардыларынааҕы федерациятын президенэ Александр Акимов салайааччылаах мунньахха иһитиннэрбиттэринэн, сотору кэминэн мас-рестлиҥҥэ оскуола лигатын норуоттар ардыларынааҕы таһымҥа таһаарыахтаахтар. Бырайыак тас дойдуларга уолаттар уонна кыргыттар ортолоругар мас-рестлины сайыннарыахтаах.

Маны сэргэ кэлэр сылга СНГ дойдуларын оонньуулара Азербайджаҥҥа ыытыллара этилиннэ. Манна мас-рестлинг киллэриллэр.

Көрсүһүүгэ Кыргызстан, Монголия, Индия, Пакистан, Казахстан, Узбекистан уонна да атыттар бааллар, ол иһигэр Россия регионнарын хамаандалара.

«Азия оҕолоругар» мас-рестлинг күрэхтэһиитэ бэс ыйын 28 — 29 күннэригэр буолар, «Модун» спорткомплекска.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА