23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Мүрүгэ “Алааһым сибэккинэн киэргэнэр” дьаарбаҥка элбэх киһини түмтэ

15:31, 27 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Уус Алдан улууһун Мүрү нэһилиэгэр ыам ыйын 27 күнүгэр “Алааһым сибэккинэн симэнэр” диэн оҕуруот аһын, сибэкки рассадатын дьаарбаҥката буолла. Дьаарбаҥка аан бастаан 2008 сыллаахха ыытыллыаҕыттан үтүө үгэскэ кубулуйан, улуус үгүс дьонун бырааһынньык кэриэтэ түмэр.


Сибэккини уонна оҕуруот аһын олордор биирдиилээн дьон, тэрилтэлэр, Уус Алданнааҕы техникум үлэһиттэрэ өлгөм атыыны тэрийдилэр. Былыттаах, ибир ардахтаах да күн буоллар, Геройдар аллеяларыгар сарсыардаттан сибэкки туһунан нарын иэйиилээх хоһооннор, ырыалар кутулланнар, дьон-сэргэ сүргэтин көтөхтүлэр. “Уһуктуу” айар куттаах дьахталлар түмсүүлэрэ “Сибэккини хоһооммор холбуубун” диэн литературнай монтаж туруоран, бэйэлэрэ айбыт хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр. “Сибэккинэн симэнэммин” диэн сибэккини дьүһүйэр авангард муоданы көрдөрүүгэ кырачаан кыргыттар күөн-көрүстүлэр.

Дьаарбаҥка түмүгүнэн кыттааччыларга сертификаттар, саамай көхтөөхтөргө бириистээх анал ааттар туттарылыннылар. Ол курдук, “Саамай эдэр кыттааччы” анал ааты саас эрдэттэн оттуллар теплицатыгэр сибэкки араас көрүҥүн олордон аҕалан интэриэһи тардыбыт Ж.В. Бурнашева ылла. Оттон Суотту нэһилиэгин олохтохтоохторо С.Я. Бурцева саамай элбэх сибэкки рассадатын атыылаан, Л.М. Неустроева саамай элбэх оҕуруот аһын рассадатын атыылаан, Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо Е.П. Неустроева саамай элбэх талах маһы атыылаан бэлиэтэннилэр.

Тэрээһини Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата, “Алаас хотуна” дьахталлар түмсүүлэрэ уонна Мүрүтээҕи юннаттар станциялара тэрийэн ыыталлар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА