Саха Өрөспүүбүлүкэтин тутууга уонна дьиэни-уоту кэтээhиҥҥэ судаарыстыбаннай Управлениетын үлэһиттэрэ «Үлэҕэ бэлэсэпиэтинэн» бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа кыттыһан, бэҕэһээ үлэлэригэр бэлэсэпиэтинэн кэллилэр.
Тэрилтэ кылаабынай исписэлииһэ Айсен Илларионов үлэтигэр үксүн бэлэсэпиэтинэн сылдьарын этэр. «Бэлэсэпиэтинэн сылдьарым миэхэ сэрээккэ тэҥэ, күн устата сэргэх сылдьабын, сэниэлээх буолабын. Пандемия кэмигэр бэлэсэпиэт оруола биллэ улаатта, уопсастыбаннай тырааныспарга элбэх киһини кытары айанныах кэриэтэ соҕотоҕун салгыҥҥа айаннаабыт доруобуйаҕа быдан туһалаах«, — диир кини.
Кэллиэгэтин санаатын Зинаида Попова өйүүр. Кини үлэтигэр самокатынан сылдьар. Бэҕэһээ аахсыйаҕа кыттыһан үлэтигэр бэлэсэпиэтинэн кэлбит.
«Үлэҕэ бэлэсэпиэтинэн» аахсыйаны тырааныспар министиэристибэтэ сылга үстэ ыытар. Аахсыйа соруга судургу: күннээҕи дьыаланы бэлэсэпиэтинэн сылдьан ситии диэн. Тутууга уонна дьиэни-уоту кэтээhиҥҥэ судаарыстыбаннай Управление үлэһиттэрэ аахсыйаҕа мэлдьи кытталлар. Бэҕэһээ аахсыйа аан дойду үрдүнэн уматыгы сиир сэптэртэн — массыынаттан, матассыыкылтан аккаастанан, сатыы эбэтэр бэлэсэпиэтинэн сылдьар күнүгэр сөп түбэһиннэрэн ыытыллыбыт.