«Үлэ бэтэрээнэ» ааты сааһыттан тутулуга суох бэриллэр — ыстааһа, үтүөлэрэ, наҕараадата учуоттанар. Бу аат киһи чэпчэтиилэри туһанарыгар көмөлөөх — хас биирдии регион бэйэтэ быһаарар.
Сүрүннээн киирэр:
— ыйдааҕы төлөбүр;
— коммунальнай өҥөҕө ороскуот аҥарын уйунуу;
— олорор сирин уопсастыбаннай тырааныспарыгар босхо айан;
— протез-ортопедия уонна медицина көмөтө.
«Үлэ бэтэрээнэ» ааты ылыыга ирдэнэр наҕараадалар: уордьаннар, мэтээллэр, ССРС эбэтэр РФ бочуоттаах ааттара, РФ президенин бочуоттаах грамотата эбэтэр махтал суруга, биэдэмистибэ наҕараадата. Маны сэргэ үлэ ыстааһа: кырата эр киһиэхэ 25 сыл, дьахтарга 20 сыл; уопсай ыстаастан үлэ 15 сыла наҕараада ылбыт эйгэттэн буолуохтаах; судаарыстыбаннай сулууспалаахтарга — биэнсийэҕэ тахсар үлэ кэмэ.
Источник: Объясняем.РФ