Буолаары турар Госдума быыбарыгар Саха сиригэр баартыйалартан бастакынан ЛДПР бэрэстэбиитэлэ сайабылыанньатын биэрдэ. От ыйын 9 күнүгэр Киин быыбардыыр хамыыһыйа либерал-демократтар регионнааҕы салааларын салайааччыта Гаврил Парахинтан докумуону тутта.
«Мин биир мандаттаах уокурукка барабын уонна Уһук Илиҥҥи уокурукка, Приморскай кыраайы киллэрбэккэ туран, баартыйа испииһэгэр иккис нүөмэринэн турабын. Испииһэккэ аҕыс кандидат баар. Жириновскай соратнига Валерий Селезнев бастакы», — диэтэ Гаврил Парахин.
Кини этэринэн, ЛДПР бырагыраамата бэс ыйын бүтэһигэр съезкэ бигэргэммит.
«Бырагыраама оҥоһулунна. Быыбар иннинээҕи үлэбэр сүрүннээн Уһук Илин, чуолаан Саха сирин сайдыытыгар тирэҕириэхтээхпин. Биһиги нэһилиэнньэ көһүүтүн тохтотууга, дьону Уһук Илиҥҥи субъектарга олохсутууга, үөрэҕирии эйгэтин тупсарыыга, спорду өрө таһаарыыга үлэлиибит. Биллэн турар, «Уһук Илиҥҥи гектар» тула үлэлиэхпит, ол эбэтэр сири ылааччыларга бырыһыана суох кирэдьиит биэриитигэр уонна да атын көҕүлүүр күүстэри туһаныыга боппуруостары көтөҕүөхпүт», — бэлиэтээн эттэ Парахин.
Саха сирин либерал-демократтарын лидерэ билиммитинэн, кини быыбар иннинээҕи үлэтигэр өрөспүүбүлүкэ оройуоннарын кэрийиини таһынан, Уһук Илиҥҥи уокурук чугастааҕы субъектарыгар сылдьыа.
«Бириэмэ олох кыра хаалла. Селезневтуун аҕыс субъекка эппиэтинэстэрбитин тыырыстыбыт. Мин Магадан уонна Амур уобаластарын ыларым буолуо. Иван Абрамов ( Госдумаҕа ЛДПР депутата — СИА быһаарыыта) ЛДПР саамай элбэх куолаһы ыларын туһугар — ол барыллаан 30% — үлэни күүстээхтик ыытарын эрэннэрбитэ», — диэтэ кини.
Госдумаҕа барыллаан борогунуоһу Парахин маннык эттэ: «Биһиги иккис миэстэни ылыахтаахпыт. Бу биһиги сорукпут».
Саха сирин Киин быыбардыыр хамыыһыйатыгар эппиттэринэн, бүгүҥҥү күҥҥэ Гаврил Парахин (ЛДПР) уонна бэйэтэ туруорунар Максим Местников сайабылыанньалара киирбиттэр.
«Бэйэлэрэ туруорунааччылар хамыыһыйаҕа от ыйын 13 күнүгэр диэри сайабылыанньаларын биэриэхтэрин сөп. Оттон баартыйалартан кандидаттар от ыйын 24 күнүгэр диэри», — диэн иһитиннэрдэ Киин хамыыһыйа сэкирэтээрэ Яна Юмшанова.