22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өлөөн киин балыыһатыгар 2 мөл.солк. кэриҥэ суумалаах саҥа тэрил тириэрдилиннэ

09:28, 05 февраля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата 2019 сыллааҕы үлэтин Өлөөн улууһун нэһилиэнньэтигэр отчуоттуур. Манна олохтоохтор былырыын туруорсубут боппуруостара туолбутун — киин балыыһа саҥа оборудованиеламмытын эттилэр. 


Өлөөннөөҕү киин балыыһа саҥа оборудованиенан хааччыллыытын боппуруоһун олохтоохтор былырыын туруорсубуттара. Булгуччулаах медицинскай страховка фондатынан 1 мөл 934 тыһ. солк көрүллэн, тыҥа аппарата, дефибриллятор-монитор уонна ыарыһах монитора ылылыннылар.

Маны сэргэ «СД-РА-ТМО» рентгенографическай аппарат өрөмүөннэннэ.

«2018 — 2022 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр доруобуйа харыстабылын сайдыыта» судаарыстыбаннай бырагырааманан былырыын диагноз туруорар аппарат ылыллыбыта, диэн СӨ  баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА