Өлүөхүмэ №4-дээх оскуолатыгар икки «Герой паартата» туруорулунна. Оскуола выпускниктара, анал байыаннай дьаһал кыттыылаахтара Александр Добринов уонна Александр Петровскай сырдык ааттарыгар ананна, суруйар «Олекма» хаһыат.
Долгутуулаах дьаһалга байыастар чугас дьонноро, дьиэ кэргэттэрэ, учууталлар, үөрэнээччилэр, эдэр армеецтар, улуус дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрэ бааллар.
«Мин уолум бу оскуолаҕа үөрэммитэ. Мин махтанабын бары учууталларга, кини олоҕор бииргэ алтыспыт дьоҥҥо. Россия үрдүнэн «Парта героя» аахсыйа барар, биһиги оскуолабыт онно кыттан, мин уолум паартата баар буолла. Бу бырайыак биһиги оҕолорбут туһунан өйдөбүлү иҥэриэҕэ. Оҕолор үчүгэйдик үөрэнниннэр, оскуолаларын, учууталларын умнубатыннар, кыһамньылаах буоллуннар кинилэргэ, төрөппүттэригэр эмиэ», — диэтэ Александр Добринов ийэтэ Марина Альбертовна.
Быстах мобилизация саҕаламмытыгар, Александр Добринов бэбиэскэ тутан, военкомакка тиийбитэ. 155 отдельнай гвардейскай биригээдэҕэ, муора пехотатыгар түбэспитэ. Геройдуу 2022 сыл ахсынньы 21 күнүгэр Украина территориятыгар СВО кэмигэр бойобуой иэһин толоро сылдьан сырдык тыына быстыбыта. Өлбүтүн кэннэ Эр санаа уордьанынан наҕараадаламмыта.
Александр Петровскай, мобилизация биллэриллээтин кытта, анал байыаннай дьаһалга тута барбыта. 2022 сыл сэтинньи 18 күнүгэр Украина территориятыгар геройдуу охтубута. Өлбүтүн кэннэ Эр санаа уордьанынан наҕараадаламмыта.