12 Олунньу 12.02
  • -32°
  • $ 95,8
  • 99,2

"Кыһыл-Сыр – 84 км" гаас ситимин үһүс утаҕа үлэҕэ киирдэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Новак видеосибээс эрэһииминэн «Кыһыл-Сыр – 84 км» гаас ситимин үһүс утаҕа үлэтин саҕалыырынан ситиһиини баҕарда. Сиэргэ-туомҥа Ил Дархан Айсен Николаев уонна «Сахатранснефтегаз» генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников кыттыыны ыллылар.

« “Кысыл-Сыр” гаас ситимэ салгыы биир кэлим газотранспортнай систиэмэҕэ холбонуохтаах, онон өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар социальнай-экономическай оруоллаах. Саха сирин киинин эрэллээхтик гааһынан хааччыйыахтаах. Бу 102 нэһилиэнньэлээх пуун, ол иһигэр Дьокуускай, Покровскай уонна Бүлүү. Манна 456 тыһыынча киһи олорор, 626 социальнай инфраструктура эбийиэгэ баар – 220 оскуола, 235 дьыссаат, 171 медицина тэрилтэтэ», — диэтэ Александр Новак.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА